Аныгы олох тэтиминэн Аан дойду үрдүнэн, Арассыыйаҕа, бэл биһиги тыйыс майгылаах Сахабыт сиригэр туризм күүскэ сайдан өтөн киирбитэ баар суол. Туризм сайдара үчүгэй эрээри, дьон сиргэ сылдьар култууратын аан бастаан ирдиир ордук. Ханнык баҕарар сайдыылаах дойдуларга туризм туспа быраабылалаах, ирдэбиллээх – ону бары диэн бэркэ билэбит. Онтон бэйэбит төрөөбүт дойдубутугар ону тутуспаппыт эмиэ баар.
Быйыл Амма улууһун дьон сэргэ аатырбыт ытык Харама хайатын бэтэрээ биэрэгин туругун чинчийэ көрө-истэ диэн бара сырытыбыт. Олохтоох дьон Харама хайата дьон киирэрин-тахсарын бопсор диэн хайаҕа ыттыбатыбыт. Харама хайата ханнык баҕарар сүдү сирдэр курдук улахан тыҥырахтаах көтөрдөр олохсуйар, сэдэх көрүҥнээх эмтээх үүнээйилэр, баараҕай кэрэ көстүүлээх мастар үүнэр, силигилиир сирдэрэ.
#кистэлэнкуус
#якутия
#шаманизм
#шаман